«ОҔОҔУН САХАЛЫЫ САҤАРТ»

Күндү төрөппүт!

Билигин үгүс оҕо-ыччат төрөөбүт тылын билбэт кыһалҕата үөскээтэ. Тылы көйгөтүттэҕинэ, омук эстэр суолга үктэнэр. Кимин-тугун, ханнык омугун билбэт киһи силиһэ суох үүнээйи кэриэтэ буоллаҕа. Оннук киһи олох уларыйыытыгар бэлэм буолуо дуо, аныгы үйэ дьалхаанын, үтүөтүн-мөкүтүн тулуйуо дуо.

Онон ийэ тылбыт тыыннаах буоларын туһугар туһуламмыт үлэҕэ кыттыһар – биирдии бэйэбит ытык иэспит.  

Бу 200 саха тылын (100 аат тыл, 50 даҕааһын аат, 50 туохтуур) оҕолорбутугар билиһиннэриэххэ! Ыл да, туһанан киирэн бар. 

ААТ ТЫЛЛАР

Айылҕа көстүүлэрэ: буруо, былыт, долгун, көмнөх, кумах, кустук, күөл, күрдьүк, кытыл, лабаа, мутукча, муус, мыраан, ньургуһун, саҕах, силлиэ, сүүрүк, сэбирдэх, талах, таммах, тиит, туман, туос, уу, үрэх, хаар, хаптаһын, харалдьык, хардаҕас, харыйа, хатыҥ, хатырык, хонуу, чалбах, чох, чөҥөчөк, чыычаах уйата, ыллык,

Ас-үөл: күөрчэх, суорат, уоһах, үүт, чөчөгөй, эт,

Кыыл-көтөр, үөн-көйүүр: ат,  биэ, кынат, ньирэй, кулунчук, оҕус, таба, туйах, тумус, хороон, ынах, чыычаах, элиэ, лыах, ооҕуй оҕус, кымырдаҕас, тигээйи, хомурдуос,

Киһи этэ-сиинэ: агдака, буут, бэгэччэк, бэрбээкэй, көҕүс, ис, кыламан, моой, орой, мурун, сарын, кэтэх, сутурук, сүнньү, сото, суһуох, саас, сүүс, түөс, уллуҥах, тарбах, уос, халтаһа, хары, харах, чанчык, чэчэгэй,

Олох-дьаһах көстүүтэ: өйүө, оһох, дэйбиир, тоһоҕо, кыптыый, күрдьэх, атырдьах, муҥха, куйуур,  ыаҕас, чороон, 

хотон, үктэл, түптэ, балаҕан, ураһа, түннүк, аан, үөлэс, сэргэ, далаһа, күрүө, тиэргэн, дал,

Таҥас-сап: Этэрбэс, сон, үтүлүк, бэргэһэ, моойторук. 

ДАҔААҺЫН ААТТАР

Майгы-сигили: аһыныгас, имигэс, куттас, кыҥкый, өһөс, сэмэй, сэргэх, үтүө, хорсун, эйэҕэс, 

Дьүһүн, хаачыстыба: бүрэ, быһаҕас, быһый, бытаан, дириҥ, иҥэмтиэлээх, киэҥ, кыараҕас, кылабачыгас, кылгас, кыра, кытаанах, кэбирэх, кэрэ, минньигэс, мөдөөт, наҕыл, намыһах, нарын, ньолбуһах, сымнаҕас, толору, тотоойу, төгүрүк, улахан, уһуктаах, уһун, үрдүк, сатыы, суон, сытыы, сыппах, токур, туруору, хаптаҕай, ырыган, ыһыллаҕас, халыҥ, хатыылаах, хараҥа, чаҕылхай, чычаас, эдэр, эмис,

Өҥ-дьүһүн: маҥан, хара, кыһыл, саһархай, үрүҥ, кугас, от күөх, халлаан күөх.

 

 ТУОХТУУРДАР

Хамсааһын: аах, алҕаа, араар, арбай, ботугураа, бөкчөй, бултаа, былдьас, дьиэрэҥкэйдээ, кистээ,  кылый, кэдэй, кэл, миин, махтан, мичээрдээ, ой, олор, охсус, өҥөй, сибигинэй, сос, сот, сүк, сүүр, сыыл, тардыалаа, тоҥсуй, төҥкөй, тыыллаҥнаа, тэп, умус, үөмп, үөрэн, хаамп, ханньай, харбаа, хаһыытаа, хомуй, холбоо, чохчой, чуумпур, чэпчээ, ыт, 

Турук: ай, албыннаа, киһиргээ, киэн тутун, көҥөн, кыҥкыйдаа, кыыһырыс, санаарҕаа, сэҥээр, толкуйдаа, үөр, хомой, эйэлэс.

Албастар, ньымалар манныктар – 

  • Тыллары күннэтэ 3-5 тылтан саҕалаан, сарсыарда эбэтэр киэһэ, аҕыйах мүнүүтэни аттаран, хатылыахха. Утуму быспакка үөрэтэр диэн ситиһии биир төрдө буолар.
  • “Судургуттан – уустукка” диэн ньыманы туһаныахха. Ол аата күн, халлаан, сүүр, олор, сирэй, харах диэн тыллартан уустугурдан, кустук, саҕах, чохчой, кэдэй, бэрбээкэй, сис диэн тылларга аргыый аҕай көһүөххэ сөп.
  • Оҕо дьарыгын тирэх оҥостуохха. Ырыаһыт оҕоҕо дорҕоон, салгын, ырыа, эҕирий, тыҥа, агдака диэн өйдөбүллэр чугас буолуохтара.
  • Эбэтэр тылы туттуллар эйгэтинэн аттарыахха. Сааскы дьыл кэмигэр чалбах, муус чопчу, бадараан, таммах тыллары үөрэтиэххэ, кыһынын күрдьүк, хаар кыырпаҕа, күдэн, чысхаан, сайын барахсан үүннэҕинэ, хатыҥ, хонуу, мутукча, чаҕылҕан, үрэх, собо диэн тыллары таарыччы санатыахха. Тыа сиригэр олорор буоллахха, алаас, үөр сылгы, булгунньах, хардаҕас, куоракка олорор буоллахха, өрүс, түннүк, ыллык, тохтобул, кытыл диэн тыллар дөбөҥнүк өйдөнүөхтэрэ.
  • Дьиҥэр, ханнык да ньыма, албас суох. Сүрэххит хайдах этэринэн табыгастааҕын таайан, хайдах туһанарыҥ көҥүл!      Тылы сайыннарар үлэни учууталга эрэ найылаабакка, оҕолорбутун кытта үөрэ-көтө дьарыктаныахха, сэһэргэһиэххэ, төрөөбүт тылбыт нөҥүө өссө чугасыһыахха. Оҕо төрөөбүт тылынан саҥардаҕына, ийэни-аҕаны, эбэни-эһэни кытта биир эйгэлээх буола түһэр, өйдөһөр, өйөһөр, төрүттэрин, айылҕатын, дойдутун кытта көстүбэт ситиминэн ситимнэнэр.

Хас биирдии саха киһитэ, идэҕиттэн, үлэлиир эйгэҕиттэн тутулуга суох тылы туруулаһар үтүө үлэҕэ кыттыс! Омукпут кэскиллээх, сарсыҥҥылаах буоларыгар эн эмиэ тус кылааккын киллэр!

 

Добавить комментарий