Улуустааҕы “Аман өс” куолуһуттар күрэхтэрин түмүгэ

Сэтинньи ый 6 күнүттэн 10 күнүгэр  дылы Бордоҥ нэһилиэгин “Сардаҥа” оҕо уһуйааныгар улуустааҕы “Аман өс” куолуһуттар күрэхтэхтэрэ куйаар ситимин нөҥүө ыытылынна. Быйылгы 2023 сыл Арассыыйаҕа “Учуутал уонна уһуйааччы” сылыгар, Өрөспүүбүлүкэҕэ “Үлэ сылыгар”, Саха сирин үбүлүөйдээх улуу суруйааччыларыгар  Платон Алексеевич Ойуунускай (130 сааһыгар), Николай Гаврилович Золотарев -Якутскай (115сааһыгар) аналлаах күрэх икки бөлөҕүнэн ыытылынна: эдэр иитээччилэргэ  уонна уһуйааччы иитээччилэргэ.

Күрэххэ 16 иитээччи кытынна. Араас дакылааттар киирдилэр: П.А.Ойуунускай айымньыларыттан ырытыылар, билиҥҥи олоҕу кытта дьүөрэлээһин, оҕону иитии, Ньуурба улууһун киэн туттар дьоннорбут олохторун, үлэлэрин сырдатыы уо.д.а.

Дьүүллүр сүбэ түмүгүнэн уһуйааччыларга бастакы үрдэл аат иҥэрилиннэ Рожина Розалия Ивановна “Мичил” уһуйаан Маалыкай, иккис үрдэл – Алексеева Сардана Викторовна “Ымыычаан” уһуйаан Чуукаар, үһүс үрдэл Моякунова Лидия Римовна “Кэскил” уһуйаан Ньурба, эдэр иитээччиэлэргэ бастакы үрдэл Федорова Санда Ивановна “Сардаҥа” уһуйаан-Маалыкай, иккис үрдэл Тимофеева Сайыына Андреевна “Сарыал” уһуйаан Хатыы, үһүс үрдэл – Назарова Нария Николаевна “Ымыычаан” уһуйаан Чуукаар. Кытааччыларбытыгар махтанабыт, үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарабыт.

 

Добавить комментарий