Билгэ Хаан ыйыгар 10 күнүгэр Саха норуотун тылын, литературатын уонна баай култууратын кэнчээри ыччакка тиэрдэр, тылбыт сайдыытыгар үлэлэһэр дьоммут кыттыылаах бииргэ түмэр Ийэ тыл уонна Олоҥхо декадатынан, «Култуура уонна үөрэҕирии» бырайыак чэрчитинэн «Сахалыы саҥа сарсыҥҥытын саргылыах…» стратегическэй сиэссийэ Н. Харитонов – Чуор аатынан «Кыталык» култуура дыбарыаһыгар буолан ааста.
Биһиги II өрөспүүбүлүкэтээҕи саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын Ньурба оройуонун делегаттара сиэссийэ бастакы чааһыгар сийиэскэ буолбут тэрээһиннэри билиһиннэрдибит, сырдаттыбыт. Ол курдук аныгы уларыйа турар, глобализация күүскэ киирэр кэмигэр олоҥхону тирэх оҥостон оҕону иитии тула; о5ону төрөөбүт айыл5атыгар сөп түбэһиннэрэн, алтыһыннаран норуот тылынан уус–уран айымньытыгар сыһыаран, дьыл, кэм – кэрдии хаамыытынан салайтаран, ол аата о5ону төрүт үгэскэ олоҕуран иитии — үөрэтии, уһуйуу туһунан; иитэр үөрэтэр бырагыраамаларга методическай көмө, ыйынньыктар, босуобуйалар, ньымар туһунан.
Сиэссийэ сүрүн чааһыгар бөлөҕүнэн үлэҕэ «Төрүт эйгэни олохтооhун» оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго, оскуола оҕолоругар, төрөппүттэргэ төрүт эйгэни хайдах тэрийэрбитин санаа атастаһан, кэпсэтэн, ырытан баран,төрөөбүт тылбытын, төрүт култуурабытын оҕолорбутугар иҥэрэргэ маннык үлэлэри ыытыахха диэн сүбэлэстибит:
1. Ийэ тыл дьиэ кэргэҥҥэ олохсуйарын туһугар детсадка кэлиэхтээх оҕолор төрөппүттэрин кытта үлэни оҕо төрүөн инниттэн саҕалаан ыытыахха диэн, онно билигин тэриллэн үлэлии сылдьар консультативно методическай киин төрөппүттэри кытта үлэни күүһүрдүөххэ наада диэн. Ньурба оруойуонугар 2020 сылтан 23 уһуйааммытыгар төрөппүттэргэ оҕону иитэргэ сайыннаррарга методическай, педагогическай, диагностическай көмөлтө сүбэ биэрэр кииннэр, пууннар тэриллэн үлэлии тураллар.
2. Оҕо төрөөбүт төрүт тылынан саҥарарыгар оскуола оҕолорун төрөппүттэрин кытта туhаннаах улэни, күрэстэри ыытарга (“Дьиэ кэргэн төрүт тылынан ааҕыылара”, “Биһик ырыа”, “Аман Өс” о.д.а.). Бу күрэстэр уһуйааҥҥа, оскуола алын сүһүөх кылаастарыгар ыытыллаллар, орто сүһүөхтэн саҕалаан маннык күрэстэр тэриллибэттэр.
3. Ньурба оройуонугар уһуйааннар үксүлэрэ былааннарын, бырааһынньыктар барылларын нууччалыы суруйаллар. Төрөөбүт тылыгар олоҕурар уһуйааннарга төрүт тылы көмө тыл курдук көрбөккө сүрүн тирэх оҥостон эйгэни тэрийиини, ол курдук программалары, былааннары, мунньахтары, арааһынай тэрээһиннэри, иитии үөрэтии үлэтин быһаарсыытын төрөөбүт тылбытынан ытааһын эрэ буолбакка суруга бичигэ кытта төрөөбүт тылынан буоллун диэн. Аны куорат иһигэр баар уһуйааннарбыт нууччалыы ааттаахтар.
4. Оҕоҕо ааҕыллар кинигэлэргэ, кинигэ ойуутугар, оҕо оонньуурдарыгар, оонньууларыгар оҕо сааЬыгар сөп түбэһэригэр анал хамыыһыйа проверканы-экспертизаны тэрийиххэ диэн. Уһуйаан, оскуола үлэһиттэрэ үксүн бэйэлэрэ айбыт сахалыы иитэр-үөрэтэр босуобуйаларынан оҕолорун үөрэтэллэр, сайынараллар, уһуйаллар, ол үлэлэрин дьаһайар, түмэр, көмөлөһөр Ньурба үөрэх управлениятыгар ставка көрүллэрэ буоллар.
5. Уһуйааҥҥа, оскуолаҕа саха норуотун кутун сүрүн, үтүө өйүн санаатын иҥэрэр сыалтан култуура үлэһиттэрин эбии үөрэхтээһиҥҥэ, кылаас чаастарга, саха литературатын уруоктарыгар киллэриэххэ диэн. Төрүт култуурабытыгар фольклор араас жанрдарынан, хайысхаларынан оҕолору уһуйарга.
6. Сааскы, сайыҥҥы, күһүҥҥү, кыһыҥҥы оҕолор каникулларын бириэмэлэригэрэр оҕолор лааҕырдарыгар култуура үлэһиттэрин кытта култуурнай арааһынай хайысхалаах экспедициялары: фольклор, олонхо, түмэл, тыйаатыр, киинэ уо.д.а. тэрийэргэ.
7. Оҕоҕо аналлаах сахалыы тыллаах контеннары оҥоруу уонна хайысхаларын элбэтиэххэ, платформаҕа туттар бары элэмиэннэрэ эмиэ сахалыы тылынан буоллар диэн биир санааҕа кэлбиппит.
Бу эппит этиилэрбит олоххо киирэллэрин баҕарыаҕыҥ.
«Култуура уонна үөрэҕирии» бырайыак чэрчитинэн «Сахалыы саҥа сарсыҥҥытын саргылыах…» оройуоннааҕы стратегическэй сиэссийэни тэрийбит Ньурба оройуонун култуура департаменыгар, Н. Харитонов – Чуор аатынан «Кыталык» култуура дыбарыаһыгар, сиэссийэ үлэтигэр көхтөөхтүк кыттыбыт дьоннорбутугар барҕа махталбытын тириэрдэбит.
Кириллина Е.В., Ньурба оройуонун үөрэҕирии управлениятын оскуола иннинээҕи үөрэх отделын салайааччыта