Оройуоннааҕы оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго аналлаах Арассыыйаҕа педагог уонна уһуйааччы сылын чэрчитинэн фольклор 4 керуҥэр “Норуот айбыта аатырыа, өбүгэ ситимэ күүһүрүө” курэххэ уопсайа 6 оҕо уһуйааныттан 9 нүөмэр киирбититтэн:
Чабырҕахха:
– Малдьаҕар нэһилиэгин “Чуораанчык” уһуйааныттан Вика Филиппова, Ольга Семеновна Ушканова толорууларыгар “Күөх Көппө” чабыр5ах 1 миэстэни ылла;
– Ньурбаттан “Родничок” уһуйаантан “Оонньууга аналлаах чабырҕах” Айталина Николаевна Максимова салайааччылаах бөлех 2 миэстэ буолла;
– “Ромашка” Антоновкатааҕы оҕону сайыннарар киин Марина Сергеевна Иванова, Ирина Александровна Иванова, Алена Михайловна Степанова салайааччылардаах оскуола иннинээҕи чабырҕахсыттарын белеҕө 3 миэстэ буолла.
Норуот ырыатыгар:
– 1 миэстэни ыллылар Дьаархан орто оскуолатыттан Владианна Григорьева, сал. Зоя Афанасьевна Александрова “Кырдал кыыһа” ырыаннан;
– 2 миэстэни Хатыытааҕы «Сарыал» уһуйааныттан “Чуораанчык” фольклорнай ансаамбыл, сал. Аида Михайловна Непряхина “Сайын” ырыаннан;
– 3 миэстэни Хатыы нэһилиэгин «Сарыал» уьуйааныттан Уруйдаана Тимофеева, сал. Татьяна Вячеславовна Архипова «Кымыс ырыата» ырыаннан.
Ону таһынан кыттыы иһин туоһу суругунан бэлиэтэнэллэр Сүлэтээ5и «Улыбка» уһуйаан иитиллээчитэ Иванова Софья, сал. Раиса Георгиевна Федорова, Хатыытааҕы «Сарыал» уһуйаантан «Таба» ырыаннан кыттыбыт кырачаан толорооччу Максимов Егор, «Күпсүүргэ доҕуһуол» Тимофеев Сахайаан, сал. Аида Михайловна Непряхина.
Дьүүллүүр сүбэҕэ кыттыыны ыллылар;
– Евдокия Васильевна, Ньурбатааҕы уерэ5ирии управлениятын оскуола иннинээҕи үөрэҕирии отделын салайааччыта;
– Людмила Дмитриевна, Ньурбатааҕы «Кэскил» оҕону сайыннарар киин муусука5а салайааччыта;
– Линаида Христофоровна, Дьаарханнааҕы Терентьева-Хартасова Х. И. аатынан куукула тыйаатырын режиссера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна;
– Алена Владимировна, Дьаархан орто оскуолатын сүрүннүүр иитээччитэ.
Баҕарыа этибит кыттааччыларбытыгар өссө да үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны. Өрүү даҕаны иннигит диэкки дайан иһин, санаабыккыт сатаннын, толкуйдаабыккыт туоллун.
Дьаархан орто оскуолатын оскуола иннинээҕи бөлөҕө.